Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Тамалакааҥҥа “Библионочь-2026” акция чэрчитинэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Быйылгы XV юбилейнай акция Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар ананна.

Тэрээһиҥҥэ талааннаах биир дойдулаахтарбыт маастар-кылаастары ыыттылар: уруһуйдуур талааннаах Николь акриловай кыраасканан таҥаска уруһуй түһэрэргэ, оҕуруонан симэх оҥорор Галина Михайловна ытарҕа оҥорорго үөрэттилэр.















Тэрээһин кыттааччылара аҕалбыт сувенир-магниттарынан “Путешествуем по России” выставка турда.

“Песни народов России” диэн темалаах музыкальнай лото оонньоотубут.



Түмүккэ остуол тула олорон чэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэбит илиибитинэн оҥоһук тутуурдаах астынан тарҕастыбыт.
Маастар-кылаас ыыппыт талааннаах Никольга, Галина Михайловнаҕа уонна тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.