Тамалакааммытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Улуу Кыайыы 80 сылын иитинэн уонна СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Кыайыы скверигэр нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрин күүһүнэн (дьаһалта, оскуола, Тамалакаан сынньалаҥ киинэ, бибилэтиэкэ) черемуха, боярышник мастары олордуу буолла. Түгэнинэн туһанан, олордорго бэлэмнэммит мастары биэрбит Иванова Маргарита Ивановнаҕа махталбытын биллэрэбит.







Онтон, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Тамалакаан сынньалаҥ киинигэр, СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ оҥорбут үөрэтэр-сайыннарар матырыйаалын оскуола оҕолоругар көрдөрдүбүт. Салгыы Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Култуура уонна духуобунай сайдыы Министиэристибэтэ, “Сахафильм” национальнай киинэ хампаанньата устубут “За нами будущее…” киинэтин көрдүбүт.



