“Кинигэ күүһэ” аахсыйа Тамалакаан бибилэтиэкэтигэр

Ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Бибилэтиэкэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн иитинэн “Кинигэ күүһэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи биир ситиминэн ыытыллар аахсыйа сылын аайы ыытыллар.

Тамалакаан нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр быйыл уһуйааны бүтэрэн оскуола боруогун атыллаары сылдьар оҕолор остуоруйа истээри муһуннулар. Кинилэргэ анаан “Мэник мастар” остуоруйаны аахта – АБДь кыттыылааҕа Евгений Гаврильевич Тоскин. Евгений Гаврильевич элбэх оҕолоох ыал аҕата, ОДЬКХ Тамалакааннааҕы салаатын тутаах үлэһитэ, АБДь хара саҕаланыаҕыттан сылдьар, билигин кылгас сынньалаҥҥа дойдутугар кэлэ сылдьар.

Оҕолор остуоруйаны сэҥээрэ иһиттилэр, истибиттэрин төһө өйдөөбүттэрин кэпсээтилэр, араас ыйытыктарга хоруйдаатылар. Түмүккэ “Арассыыйа норуоттарын остуоруйалара” диэн ааттаах кинигэ быыстапкатын көрдүлэр, оскуола оҕолорун уруһуйдарын сэҥээрдилэр, хомулук хомуйан остуоруйалары таайдылар.