
Оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларын ситиһэргэ оскуола, библиотека, нэһилиэк түмсүүлэрэ бары бииргэ сүбэлэһэн үлэлиибит.
- Ол курдук 2 кылаас үөрэнээччилэригэр “Каникулы с пользой” тэрээһин буолла. Тэрээһиҥҥэ оҕолор библиотеканы кытта билистилэр, библиотекаҕа сылдьыы быраабылатын, кинигэҕэ харыстабыллаах сыһыан туһунан иһиттилэр, хомулук хомуйдулар, таабырыннары, өс хоһооннору таайдылар.
- Орто уонна улахан сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Ночь в школе” тэрээһин иһинэн, “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн “Мы выбираем ЗОЖ” викторина ыыттыбыт.
- Талба эбээлэр түмсүүлэрэ, нэһилиэк ийэлэрин түмсүүлэрэ, олохтоох библиотека уонна КДУ кыттыһан алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Өбүгэ үгэһин утумнаан” тэрээһин ыыттыбыт. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, Анастасия Игнатьевна Николаева – эбээ Настаа, кырачааннарга өбүгэлэрбит үгэстэрин кэпсээтэ. Таабырын таайан, өс хоһооннорун ситэрэн, сахалыы лотуо оонньоон минньигэс бириис ылан оҕолор астынан тарҕастылар. Ити курдук оҕолорбут сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларын бары күүһү түмэн ситиһэбит.







