
Решетников Петр Егорович-Көһөҥө Бүөтүр “Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхотун Тамалакаан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ааҕыыларын истиҥ, сэргээҥ. Олоҥхону аахтылар: сүрүн текст – Мичийээнэ Терентьева, Томороон тойон – Эрсан Алексеев, Суордайа Хара бухатыыр – Эвелина Попова, Сорук-боллур уол – Эрэл Саввинов, Күн Күндүлү бухатыыр – Тихон Васильев, Сандаара Куо – Оля Егорова. Оҕолору ааҕыыга бэлэмнээтэ оскуола бибилэтиэкэрэ Анастасия Васильевна Трофимова.


