Имигэс иирэ талаҕынан оҥоһук оҥорорго маастар-кылаас

Бүгүн биир ураты, туһалаах күн буолла. Ол курдук, Дүллүкүттэн талааннаах маастар, имигэс иирэ талаҕынан араас мал оҥорор Чоросов Валерий Гаврильевич кэлэн маастар-кылаас ыытта. Валерий Гаврильевич нэһилиэктэринэн ыҥырыкка сылдьан баҕалаах дьону үөрэтэр, уһуйар. Саҥа балаҕаммытыгар араас көлүөнэ кэрэ аҥаардара мустан үөрэ-көтө үөрэннибит, элбэҕи биллибит-көрдүбүт, инникитин да дьарык гыныахпыт диэн астынан, бэйэбит оҥорбут корзинабытын тутуурдаах тарҕастыбыт. Валерий Гаврильевичка ыҥырыыбытын ылынан, кэлэн сүбэ-ама биэрэн, үөрэтэн-такайан барбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Салгыы ураты дьарыгыҥ сайдан истин, өссө да элбэх дьон сэҥээрэн уһуйулла турдун.