БИБЛИОНОЧЬ-2026

Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Тамалакааҥҥа  “Библионочь-2026” акция чэрчитинэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.  Быйылгы XV юбилейнай акция Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар ананна. 

Тэрээһиҥҥэ талааннаах биир дойдулаахтарбыт маастар-кылаастары ыыттылар: уруһуйдуур талааннаах Николь акриловай кыраасканан таҥаска уруһуй түһэрэргэ, оҕуруонан симэх оҥорор Галина Михайловна ытарҕа оҥорорго үөрэттилэр. 

Тэрээһин кыттааччылара аҕалбыт сувенир-магниттарынан “Путешествуем по России” выставка турда.

“Песни народов России” диэн темалаах музыкальнай лото оонньоотубут.

Түмүккэ остуол тула олорон чэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бэйэбит илиибитинэн оҥоһук тутуурдаах астынан тарҕастыбыт.

Маастар-кылаас ыыппыт талааннаах Никольга, Галина  Михайловнаҕа уонна тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.