
Былырыын, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, улууспутугар ГЕРОЙДАР күннэрэ төрүттэммитэ. Быйыл иккис сылын, бу дьоһуннаах күнү бэлиэтиибит. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар биһиги улууспут Россия Геройдаммыта. Ол курдук, 2025 сыл от ыйын 21 күнүгэр Алексей Рафаэлович Петров биһиги барыбыт киэн туттуубутугар Россия Геройун үрдүк аатын ылбыта.
Бүгүн ГЕРОЙДАР күннэрин иитинэн “Дьоруой Сардаҥата” акция улуус үрдүнэн буолла. Бу акция Анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуларын көмүскүүр иэстэрин толоро сылдьан дьоруойдуу өлбүт уолаттарбыт ааттарын үйэтитэр, кэнчээри ыччакка дойдуга тапталы, бэриниилээх буолуу санаатын иитэр сыаллаах.
Ол курдук, Тамалакаан орто оскуолатыгар Анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытын – Трофимов Спиридон Владимировиһы, Тоскин Гаврил Гаврильевиһы-Хаабыһы, Николаев Сергей Ионовиһы ахтан-санаан аастыбыт, сүһүөхпүтүгэр туран кэриэстээн кутурҕан мүнүүтэтэ буолла.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу уолаттарбытыгар анаан үөрэммит оскуолаларыгар “Герой паартата” аһыллыбыта, манна уолаттар сырдык мөссүөннэрэ, кинилэр тустарынан ахтыылар сылы быһа туруохтара.
Уолаттарбыт хорсун быһыылара үүнэр ыччакка өрүү холобур буола туруоҕа.





