Ыам ыйын 22 күнэ – Ньукуолун таҥара күнэ, саха киһитэ күөххэ үктэнэр бэлиэ күнэ.
Хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, саламаат сырдьыгыныыр, кус миинэ буһар.
Тамалакаан эр хоһууттара, сорсуннаах булчуттара үгэс быһыытынан сыл ахсын нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, соҕотох ийэлэргэ байанай бэрсибит куһуттан өлүүлээн түҥэтэллэр.
Быйыл эмиэ, үтүө үгэстэрин кэспэккэ, нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар, аҥардас ийэлэргэ, АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр Ньукуолун күнүн көрсөллөрүгэр анаан кус түҥэттилэр.
Нэһилиэкпит эр хоһууттарыгар барҕа махтал тылларын этэбит, үтүөҕүт үтүөнэн эргийдин, байанайгыт өрүү күндүлүү турдун!
















