Ыам ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, Сахабыт сиригэр Саҥа сыл саҕаланар. Онтон сылы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнии, сайылыкка көһүү дириҥ суолталаах, күүтүүлээх кэм. Мантан инньэ унньуктаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, сырдыкка эрэл улаатар, биир күн бүтүн дьылы аһатар эппиэттээх кэмнэрэ үүнэллэр. Сайылык күнэ – биһиэхэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит саха омугун үгэһин үйэтитии, тыа сирин туруу үлэһит киһитин өрө тутар, инники күөҥҥэ таһаарар сырдык сыаллаах.
Тамалакааҥҥа Сайылык күнүгэр аналлаах сэргэх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин чэрчитинэн араас күрэхтэр буоллулар, ол курдук, алаһа дьиэ хотуттарыгар кус үргээһинигэр, астааһыныгар кыайыылааҕынан Тамара Николаевна Александрова буолла. Түөлбэнэн «Городки» оонньуу күрэҕэ бэрт сэргэхтик, тыҥааһыннаахтык ааста. Түмүккэ «Дьулуур» түөлбэ хамаандата кыайыылаах үрдүк аатын ылан үөрдүлэр-көттүлэр.
Оҕолорго саха төрүт оонньууларыгар күрэстэр буоллулар: тобук тардыһыыта, көтөх ынаҕы туруоруу, бөтүүктэһии, өһөс торбостор, ойбонтон уулааһын, куобахтаан ыстаныы, сүүрүү. Кыайыылаахтар минньигэс бириистэринэн на5араадаланнылар.

























