Тамалакаан нэһилиэгэр комсомол күнүгэр аналлаах “Комсомол кэм-кэрдиис, дьылҕалар, ахтылҕаннар“ диэн ааттаах төгүрүк остуол буолла. Тэрээһиҥҥэ араас көлүөнэ комсомолецтара мустан, төгүрүк остуол тула олорон итии чэй иһэ-иһэ, эдэр саастарын, оргуйар олохторун кытта быстыспат ситимнээх КОМСОМОЛ күннэрин, үтүө өйдөбүллэрин ахтан-санаан аастылар. Көрсүһүүгэ Тамалакаан олохтоохторо эрэ буолбакка, ыаллыы сытар нэһилиэктэртэн кытары биир дойдулаахтарбыт кэлэн ыалдьыттаатылар.

Түгэнинэн туһанан, бэриниилээх комсомолеһы, комсомол ыйыытынан ыраах Саха Сиригэр, Үөһээ Бүлүү оройуонугар ананан үлэлии кэлбит, педагогическай үлэ бэтэрээнин, РСФСР үтүөлээх учууталын, учууталлар учууталларын, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Тамалакаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, Ираида Михайловна Иванованы 90 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн үөрэн-көтөн туран чиэстээһин буолла. Үөһээ Бүлүү улууһун Үөрэхтээһинин идэлээх сойуустарын салайааччыта, Ираида Михайловна үөрэнээччитэ, Федоров Алексей Николаевич “Үөһээ Бүлүү бочуоттаах учуутала” үрдүк бэлиэни учууталыгар туттарда, салгыы улууспут Үөрэхтээһинин салалтатыттан, эмиэ Ираида Михайловна үөрэнээччитэ, Борисова Калиста Васильевна истиҥ эҕэрдэ тылларын эттэ, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.




Ираида Михайловна кэргэнинээн Иван Максимовичтыын олохторун анаабыт, элбэх сыраларын биэрэн бэриниилээхтик үлэлээбит Тамалакаан оскуолатын коллектива эҕэрдэлэрин, махтал тылларын эттилэр.



Ыаллыы Ороһу нэһилиэгин орто оскуолатыгар бииргэ алтыһан үлэлээбит коллегалара ахталларын-саныылларын, махтаналларын, өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдэллэрин директор Петров Василий Никифорович тиэртэ.
Маны таһынан, Ираида Михайловна араас кэмҥэ үөрэппит выпускниктара Алексеева Альбина Макаровна, Васильева Лидия Алексеевна, Васильева Калиста Алексеевна, Спиридон Иванович, Октябрина Семеновна Федоровтар эҕэрдэлэрин, махталларын эттилэр, оскуола кэмнэрин умнуллубат түгэннэрин ахтыстылар.






Бу кэннэ комсомоллар ыйытыктарга эппиэттээтилэр, эдэр саастарын санаан долгуйан да ыллылар. Тамалакаан орто оскуолатын “Төлкө” оҕо түмсүүтүн активистарын ыйытыктарыгар хоруйдаатылар, үүнэр көлүөнэ ыччакка сүбэ-ама биэрдилэр, санааларын, көрүүлэрин үллэһиннилэр.














“Талба”, “Күөгэйэ”, “Чөмчүүнэ” түмсүүлэр ылбаҕай ырыанан, хомоҕой хоһоонунан тэрээһини киэргэттилэр, Владимир Федорович Федотов байаанынан доҕуһуоллаан чахчы да урукку кэмҥэ төнүннэрдэ.







Энтузиаст-коллекционер Федор Петрович Иванов дьиэтээҕи музейыттан быыстапка туруорбутун бары астына, сэргии көрдүлэр. Бары кыттаачылар, ыалдьыттар ахтыы киэһэтиттэн астынан, дуоһуйан тарҕастылар.



