ТАМАЛАКАНСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Сынньалаҥы туһалаахтык атаарабыт 

Бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр, Т. Е. Сметанин “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” 80 сылыгар уонна Байанай ыйыгар аналлаах Тамалакаан орто оскуолатын алын кылаас үөрэнээччилэригэр тэрээһин буолла.

Тэрээһиҥҥэ оҕолор Т. Е. Сметанин “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрин” кытта билистилэр, алын кылаас учуутала Лана Ивановна Федорова айымньыттан быһа тардан аахпытын сэҥээрэн иһиттилэр, “Ийэм лэппиэскэтэ” диэн айымньы биир кэпсээнинэн уһуллубут ойуулук көрөн үөрдүлэр-көттүлэр, хамаандаҕа арахсан хомулук хомуйан күрэхтэстилэр, Саха сирин кыылларын, көтөрдөрүн төһө билэллэрин тургутан таабырыннары таайдылар, түмүктүүр күрэҕинэн балыксыт буолан балык хаптардылар.

Оҕолор тэрээһинтэн астынан, күһүҥҥү сынньалаҥнарын биир күнүн туһалаахтык атааран үөрэн-көтөн тарҕастылар.