Олунньу 13 күнүгэр Тамалакаан орто оскуолатын 3-8 кылааһын үөрэнээччилэригэр сылын ахсын ыытыллар “Таптыыр сахам тылынан” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан ыытылынна. Дьыктааҥҥа уопсайа 21 оҕо кытынна, ону таһынан оҕолор хамаандаҕа арахсан “Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай” өй оонньуутугар күрэхтэстилэр.


Олунньу 14 күнүгэр Ийэ балаҕаныгар үгэс буолбут, быйыл 11 төгүлүн ыытыллар, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” улахан дьоҥҥо ыытылынна. Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин “Кыайбыттар ыһыахтара” кэпсээниттэн быһа тардан дьыктааны аахта Тамалакаан орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Терентьева Галина Васильевна. Дьыктааҥҥа 16 киһи кыттыыны ылла, онтон “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” аатын ыллылар – нэһилиэк баһылыга Петр Прокопьевич Иванов уонна Тамалакааннааҕы сынньалаҥ киин худруга Элеонора Афанасьевна Иванова. Дьыктаан кэннэ сылаас алаадьы, итии үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэттибит, ол кэннэ тоҥолохтон ылсан оһуохайынан түмүктээтибит. Кэлбит дьоммут-сэргэбит сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.



