“БИБЛИОНОЧЬ-2025”

Муус устар 26 күнүгэр Тамалакаан нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр “Библионочь-2025” бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрээһин буолла. Быйылгы аахсыйа Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр уонна Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананна.

Нэһилиэк бибилэтиэкэтэ уонна Тамалакаан орто оскуолатын бибилэтиэкэтэ үгэс буолбут “Тииҥ мэйии” өй күрэһин төрдүс төгүлүн ыытта. Бу күрэххэ нэһилиэкпит түөлбэлэрин хамаандалара сылын ахсын күөн көрсөллөр. Быйылгы күрэс Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сылыгар уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр ананна.

Сэттэ түһүмэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан “Дьулуур” түөлбэ хамаандата таҕыста. Бэлиэтээн эттэххэ бу түөлбэ төрдүс сылын субуруччу күрэс кыайыылааҕынан буолла. Иккис үрдэлгэ – “Кустук“, үһүс үрдэл – “Быйаҥ“, төрдүс үрдэлгэ – “Кыһыл Өтүйэ” түөлбэтэ таҕыстылар. Кыайыылаах түөлбэ анал бэлиэнэн, кыттааччылар бары добун суругунан биһирэннилэр.

КЫАЙЫЫ ЧОРООНО ТАМАЛАКААҤҤА КЭЛЛЭ

Өй күрэһин кэннэ Тамалакааҥҥа КЫАЙЫЫ ЧОРООНУН көрүстүбүт. Үөһээ Бүлүү улууһугар Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы Чорооно” аахсыйа олунньу 19 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри ыытыллар, 80 хонук устата нэһилиэктэринэн, улуус тэрилтэлэринэн айанныыр. Биһиэхэ ыаллыы сытар Харбалаах нэһилиэгиттэн баһылык Константин Данилович Платонов аҕалан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Көрсүһүүгэ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастара, тыыл бэтэрээннэрэ Анастасия Игнатьевна Николаева, Варвара Антоновна Руфова күндү ыалдьыт буоллулар. Түмүккэ нэһилиэк талааннаахтара, кэнчээри ыччаттара кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык ааста.