
Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө уһуйаан иитиллээччилэригэр, алын кылаастарга уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Мин дойдум дьэрэкээн өҥнөрө” уруһуй күрэһэ биллэриллибитэ. Күрэскэ уопсайа 18 үлэ киирдэ.
Үс бөлөҕүнэн сыаналааһын түмүгүн билиһиннэрэбит:
I бөлөх – уһуйаан иитиллээччилэрэ: I миэстэҕэ Саввина Амилия (6 саастаах), II миэстэ – Акимова Намыына (5 саастаах), III миэстэ буолла Юмшанова Анэля (6 саастаах);
II бөлөх – алын кылаас үөрэнээччилэрэ: I миэстэ – Валерия Федорова (4 кылаас), II миэстэ – Кристина Винокурова (4 кылаас), III миэстэ – Мальцев Владик (3 кылаас);
III бөлөх – орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ: I миэстэ – Барчахова Валя (6 кылаас), II миэстэ – Алексеева Наина (6 кылаас), III миэстэ – Мальцев Слава (5 кылаас).
Кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит, кыттыбыт оҕолорго махталбытын тиэрдэбит, инникитин да маннык барытыгар көхтөөх буолуҥ, ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэ турдуннар.















