Сэтинньи 7-8 күннэригэр Тамалакааҥҥа бильярдка аһаҕас турнир ыытылынна. Күрэххэ Бүлүү улууһуттан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэриттэн уопсайа 44 киһи кытынна. Күрэх икки бөлөҕүнэн буолла: 50-гар диэри саастаахтар, 50-тан үөһээ бэтэрээннэр.
Икки күннээх тыҥааһыннаах киирсии түмүгэ маннык буолла:
50-гар диэри саастаахтарга:
1 миэстэ – Попов Альберт (Үөһээ Бүлүү, Нам)
2 миэстэ – Захаров Артур (Бүлүү улууһа)
3 миэстэ – Протопопов Денис (Бүлүү, Чочу)
50-тан үөһээ саастаах бэтэрээннэргэ:
1 миэстэ – Максимов Иван (Бүлүү, Кыадаҥда)
2 миэстэ – Федоров Илья (Бүлүү улууһа)
3 миэстэ – Федоров Степан (Үөһээ Бүлүү, Тамалакаан).
Кыайыылаахтар мэтээлинэн, кубогынан уонна харчынан биһирэннилэр.








Абсолютнай күрэххэ, кимиэхэ да иннин биэрбэккэ, муҥутуур кыайыылааҕынан Бүлүү Кыадаҥдатыттан Максимов Иван Иванович тахсан 35 тыһ харчынан бириис ылан өрөгөйө үрдээтэ.

Маны таһынан анал ааттар олохтоннулар: “Саамай аҕа саастаах оонньооччу” – Үөһээ Бүлүүттэн 81 саастаах Иванов Борис Степанович, “Саамай эдэр оонньооччу” – 6 кылаас үөрэнээччитэ Айсан Хобусаров (Тамалакаан), “Соҕотох кэрэ аҥар оонньооччу” – Ороһуттан биир дойдулаахпыт Калиста Ивановна Романова. Бу муҥутуур кыайыылаах уонна анал ааттар харчынан бириистэрин Тамалакаантан төрүттээх АБДь бэтэрээннэрэ туруорбуттара ордук кэрэхсэбиллээх.
“Саамай уһун серия” анал ааты, 8 шары субуруччу киллэрэн, Намтан Попов Альберт ылан 10 тыһыынча харчынан бириис тутта, бу бирииһи Тамалакаантан төрүттээх Прокопий Прокопьевич Иванов, Николай Валерьевич Федоров туруордулар.




Саамай күүтүүлээх түгэнинэн Тамалакаан туспа нэһилиэк буолбута 35 сылынан нэһилиэк дьаһалтата туруорбут 35 тыһыынча харчынан бирииһин сэрэбиэйэ буолла, манна күрэх кыттааччыта барыта кытынна. Саамай илиитигэр бааттаах кыттааччынан Хороттон Антон Винокуров буолан үөрдэ-көттө.




Дьэ, ити курдук, икки күннээх күрэхпит үөрүү-көтүү үктэллээх түмүктэннэ. Бары кыттааччыларга, ыалдьааччыларга, бильярды сэҥээрэн көрөөччүлэргэ, көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар, спонсордарга өйөбүлгүтүгэр барҕа махтал тылларын тиэрдэбит








