
Биһиги нэһилиэкпититтэн Ийэ дойдуну көмүскүү 63 киһи ыҥырыллан барбытыттан 20 эр бэрдэ кыайыы кынаттаах дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ, 15 киһи эйэлээх олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбуттара, 14 киһи ханна, хайдах өлбүттэрэ, хараллыбыттара биллибэккэ сураҕа суох сүппүттэрэ, маны таһынан 14 сэриигэ ыҥырыллан сэриилэспэккэ үлэ фронугар сулууспалаан кэлбиттэрэ.
Хоһоонньут биир дойдулаахтарбыт Кыайыыны уһансыбыт хорсун-хоодуот дьоммутугар анаабыт хоһооннорун ааҕыҥ, сэргээҥ.
Биир дойдулаахпыт норуот суруйааччыта С.Т. Руфов, Аҕа дойду сэриитигэр соҕотох уолун сүтэрбит, Баахтаан ойоҕо – М.В. Николаева эмээхсин кэриэһигэр анаан суруйбут хоһооно:
Эмээхсин эрэйдээх дьиэтигэр,
Эдэр уол, эмискэ кииримэ –
Күүтэр кыым хараҕын түгэҕэр
Күөдьүйээт сүтэрин көрүмэ.
Аартыгы одуулаан тахсара,
Аан тыаһын иһиллии сылдьара,
Утуйар да уута көппүтэ –
Отучча сыл буолла күүппүтэ.
Отучча сыллааҕы күөх сайын
Ордоннор кээлтэрэ үгүстэр,
Эн курдук эр бэрдэ уоллааҕын
Эмээхсин ол кэмтэн кэтэһэр…
Эмээхсин эрэйдээх дьиэтигэр,
Эдэр уол, эмискэ кииримэ –
Күүтэр кыым хараҕын түгэҕэр
Күөдьүйээт сүтэрин көрүмэ!
Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит Чалбанов Спиридон Николаевичка, бастакы комсомолецка, анаабыт хоһооно:
Кыра оҕо эрдэхпинэ,
Кыараҕас дьиэбит иһигэр,
Хара бэкир дьон мустан
Хаартылаан тиҥийэр этилэр.
Көлөһүннээх сутуруктар
Остуолу сырбаталлара,
Иҥсэлээх сыҥаах анныгар
Кирдээх харчы кыстанара.
Ол эр бэртэрэ сыччах
Куттанар этилэр бииртэн –
Ханнык эрэ тыйыс, суостаах
Комсомол Микиитэттэн.
Ол иһин аан олуллара
Мутуктаах оргуһуоҕунан,
Муус түннүгү сабаллара
Нэк буолбут суорҕанынан.
Биирдэ, маргыар үгэнигэр,
Микиитэ киирэн кэлбитэ:
Кини кыра уонна эдэр,
Бытыга суох уолчаан этэ.
Уонча киппэ аҕам дьону
Умса көрдөрбүтэ кини…
Аан аһыллан, сөрүүн салгын
Дьэгдьиппитэ никсик дьиэни.

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, хоһоонньут Спиридонова Анисия Григорьевна сэрииттэн эргиллибэтэх, суорума суолламмыт түөрт ини-бии Буораахаптарга анаабыт хоһооно:
Аан дойду олоҕун аймаабыт
Айдааннаах ол кэми саныаҕыҥ,
Адьырҕа өстөөҕү утары
Аҕалар, убайдар бартара.
Буораах ойоҕо Огдооччуйа
Түөрт уолаттарын
Сэриигэ атаарбыта,
Биирэ да эргиллэн кэлбэтин,
Бинтиэпкэ уоһугар бартарын
Эрэйдээх сүрэҕэ билбитэ.
Сүһүөҕүн ыһыктан
Сөһүргэстии түспүтэ.
Оннооҕу ыһыыны-хаһыыны,
Ытабылы-соҥобулу,
Оҕо сааһым ааспыт тиэргэнин,
Оҕо эрдэҕинээҕи ааппын
Ааттыылларын санааммын
Уйан сүрэҕим долгуйда,
Икки хараҕым уута
Иэдэспинэн сүүрэн түспүтэ,
Итиэннэ атаарыы диэн ааттаан
Итиннэ иккистээн барбатаҕым,
Эрэйдээҕи икки өттүттэн өйөөн,
Дьиэтигэр дуу илпиттэрэ,
Итинтэн сылтаан суҥхаран,
Ийэ сириттэн бараахтаабыта.
Ордубут дьоннорбут тобоҕо
Үлэҕэ диэн ааттаан,
Барбыттара кый ыраах –
Сангаарга, Тиксиигэ.
Уон үс, уон түөрт саастаах оҕолор
Күргүөмнээх үлэҕэ турбуппут.
Киилэ аҥаара лэппиэскэ ылаары,
Уон күннээх дьыкаада толорон,
Икки киилэ арыыны ылаары,
От охсон, от мунньан,
Мас таһан, саах тиэйэн,
Үлэлээн аҕай кэлбиппит.
Итинтэн биэс сыл ааспыта,
Аҕыйах дьоннорбут кэлтэрэ.
Кыайыыбыт ыһыаҕа буолбута.
Үөрүүбүт өрөгөйө үүммүтэ,
Саламаат сиэбиппин саныыбын,
Итиэннэ инники өттүгэр
Иккистээн сэрии буолбатын!
Итини барытын өйдөөммүт
Үлэҕэ, эйэҕэ, үөрэххэ,
Инники диэки дьулуһуоҕуҥ!
Анисия Григорьевна Улуу Кыайыы 60 сылыгар анаабыт хоһооно
Сэрии са5анаа5ы
Кырдьа5аспын билиммэккэ,
Кыһанан-мүһэнэн тураммын
Кыайыы алта уон сылынан
Кыракый хоһооммун суруйдум.
Уоттаах сэрии охсуутугар
Оонньооботох оҕо сааспыт
орто дойдуттан бардахха
Умнуллара буолуоҕа.
Тамалакаан иһиттэн
Талыы-талба дьоннорбут,
Сүүрбэ аҕыс эдэркээн уолаттарбыт,
Сэриигэ сиэртибэ буолтара.
Ийэлэриттэн, аҕаларыттан
Арахсан дуу кэриэтэ
Ийэ сирдэрин көмүскүү,
Ытык иэстэрин толоро баартара.
Аллаах аттарын үрдүгэр
Аргыый аҕай олорон,
Арҕаа диэки туһаайаннар
Айанната турбуттара убайдарбыт.
Биэс сыл иһинэн
Биһигини хомотор
Бэрт хобдох ис хоһоонноох
Биллэриилэр кэлтэрэ.
Сэриигэ сиэртибэ буолбуттар
Сэрииттэн эргиллэн кэлбиттэр,
Кинилэр килбиэннээх ааттара
Үйэттэн-үйэҕэ ааттана туруохтун!

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, механизатор-рационализатор Дмитрий Иванович Николаев хоһооно:
Улуу сэрии үйэ аҥарын ааста
Улуу сэрии сыллара
Ааста үйэ аҥарын
Ааста араас олохтор,
Ааста араас салалта.
Ол эрэн сэриибит
Кутаа уота бүппэтэх,
Уоттаах сэрии күн аайы –
Умуллубат күрдүгэн.
Былаас куруук сатархай,
Дойду үксэ умнаһыт,
Кэлим санаа кэҕиннэ,
Киһи аймах иэдэйдэ.
Онно-манна биидиги
Көрөн олус иэдэйии,
Харса суохтук сананыы,
Хааннаах санаа эргийэр.
Доҕор атас диэбэккэ
Тоһун биэрэн араҕыы,
Өһөх хара санаанан
Өлөрөн баран арахсыы.
Өлбүт өттө ирдэммэт,
Өссө билэр өттүгэр
Харчы биэрэн хаалларыы
Хаалбыт соро буоллаҕа.