БУДУЩЕЕ БЕЗ КОРРУПЦИИ
Международный день борьбы с коррупцией (International Anti-Corruption Day) отмечается ежегодно 9 декабря по инициативе Организации Объединенных Наций. В этот день в 2003 году была открыта для подписания Конвенция ООН против коррупции (принята Генеральной ассамблеей ООН 31 октября 2003 года). Россия в числе первых стран подписала Конвенцию и ратифицировала ее Федеральным законом от 8 марта 2006 […]
ОПТУОРУННЬУК – ДОРУОБУЙА КҮНЭ
Бүгүн, ахсынньы 3 күнүгэр, “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн нэһилиэк тэрилтэлэригэр “Офисная гимнастика” флешмоб ыыттыбыт. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрэ кыттыыны ыллылар: Тамалакаан нэһилиэгин дьаһалтата, балыыһа, сынньалаҥ киин, Тамалакаан орто оскуолатын коллектива. Флешмоб кыттыылаахтара маннык хамсаныы, дьарык уһуннук компьютер иннигэр олорон үлэлиир дьоҥҥо сынньалаҥҥа олус туһалаах эбит диэн сыаналаатылар.
Аудиопроект “Голос Олонхо: запись детских сказаний”
Решетников Петр Егорович-Көһөҥө Бүөтүр “Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхотун Тамалакаан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ааҕыыларын истиҥ, сэргээҥ. Олоҥхону аахтылар: сүрүн текст – Мичийээнэ Терентьева, Томороон тойон – Эрсан Алексеев, Суордайа Хара бухатыыр – Эвелина Попова, Сорук-боллур уол – Эрэл Саввинов, Күн Күндүлү бухатыыр – Тихон Васильев, Сандаара Куо – Оля Егорова. Оҕолору ааҕыыга […]
Тамалакааттар Борис Лунин айымньытыгар
Бүгүн биһиэхэ Ороһу орто оскуолатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Сардаана Николаевна Васильева ыалдьыттаата. Көрсүһүүгэ нуучча суруйааччыта Борис Лунин “Бүлүү хаайыылааҕын олорбут сиринэн” (“По следам Вилюйского узника”) айымньытыгар Тамалакаан сирдэрин, олохтоохторун туһунан суруйбутун кэпсээтэ, билиһиннэрдэ. Бу айымньытыгар Б. Лунин 1931 сыллаахха Саха сиригэр экспедицияҕа кэлэ сылдьан көрбүтүн суруйбут эбит. Тамалакаан Арыылаах диэн улахан алааһыгар Малыкысов диэн сүрдээх […]
“Оптуорунньук – доруобуйа күнэ”
Сэтинньи 5 күнүгэр, “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн, сахалыы остуол оонньуутугар- хабылыкка, хаамыскаҕа маастар-кылаас буолла. Биир дойдулаахпыт, сахалыы остуол оонньуутугар СӨ спордун маастара, Терентьев Николай Константинович оонньуу быраабылатын кэпсээтэ, быһаарда. Бэйэтэ хайдах оонньуурун көрдөрөн оҕолуун, кырдьаҕастыын бары сөхтүлэр, сэҥээрдилэр. Ити курдук оҕолуун, эдэрдиин эмэнниин бары мустан биир киэһэни туһалаахтык атаардыбыт. Николайга, көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка […]
Күһүҥҥү сынньалаҥы түһалаахтык атаарабыт
Оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларын ситиһэргэ оскуола, библиотека, нэһилиэк түмсүүлэрэ бары бииргэ сүбэлэһэн үлэлиибит. Ол курдук 2 кылаас үөрэнээччилэригэр “Каникулы с пользой” тэрээһин буолла. Тэрээһиҥҥэ оҕолор библиотеканы кытта билистилэр, библиотекаҕа сылдьыы быраабылатын, кинигэҕэ харыстабыллаах сыһыан туһунан иһиттилэр, хомулук хомуйдулар, таабырыннары, өс хоһооннору таайдылар. Орто уонна улахан сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Ночь в школе” тэрээһин иһинэн, “Оптуорунньук – […]
Большой этнографический диктант
В рамках международной акции 2 ноября в нашей библиотеке прошел Большой этнографический диктант. Диктант приурочен ко Дню Народного Единства. Большой этнографический диктант – это просветительский проект, который знакомит с культурой народов, проживающих в России, а также позволяет оценить общий уровень этнокультурной грамотности. В этом году в диктанте приняли участие 12 участников, из них Глава Тамалаканского […]
Медиа-урок «Мир Един»
Сегодня, 25 октября, Тамалаканская сельская библиотека совместно со школьной библиотекой провели Единый медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек Республики Саха (Якутия) «ЧИТАЕМ ВСЕ» к Международному месячнику «Белая трость». Республиканская акция #МирЕдин инициирована Якутской республиканской специальной библиотекой для незрячих и слабовидящих им. И. Н. Егорова – Горного при поддержке Министерства культуры и духовного развития […]
Киһи суола оспот, хаан хаалбат, аат сүппэт…
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Тамалакаан нэһилиэгин библиотекатыгар РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Климентова Анна Иннокентьевна төрүттэрин, Тамалакаантан төрүттээх Чөҥкөйдөр, Буораахаптар тустарынан кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. «Бу кинигэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сырдык тыыннара быстыбыт Үөһээ Бүлүү оройуонун, оччотооҕуга Ороһу,билигин Тамалакаан нэһилиэгин холкуостаахтара, төһүү үлэһиттэрэ, күөгэйэр күннэригэр сылдьар түөрт ини-бии Бораховтары, кинилэр биир эһэттэн-эбэттэн төрөөбүт чугас […]
“Оптуорунньук – Доруобуйа күнэ” бырайыак
Улууспут үрдүнэн биллэриллибит “Оптуорунньук – Доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн Тамалакаан нэһилиэгэр балаҕан ыйын 10 күнүгэр “Сардааналыын сэрээккэлиэххэ” диэн ааттаан эти-сиини чэбдигирдэр сэрээккэ, сүүрүү буолла. Бу тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахпыт, киэн туттар кыыспыт, Парижка ыытыллыбыт Олимпиада кыттыылааҕа, Россия 5 төгүллээх чемпионката САРДААНА ТРОФИМОВА кыттыыны ылла. Олохтоохтор кыралыын улаханныын мустан, көхтөөхтүк кыттан, Сардааналыын хаартыскаҕа түһэн астынан тарҕастылар. Аллараа […]