САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНҮН КӨРСӨ ТЭРЭЭҺИННЭР
Тамалакааммытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Улуу Кыайыы 80 сылын иитинэн уонна СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Кыайыы скверигэр нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрин күүһүнэн (дьаһалта, оскуола, Тамалакаан сынньалаҥ киинэ, бибилэтиэкэ) черемуха, боярышник мастары олордуу буолла. Түгэнинэн туһанан, олордорго бэлэмнэммит мастары биэрбит Иванова Маргарита Ивановнаҕа махталбытын биллэрэбит. Онтон, балаҕан […]
“МИН ДОЙДУМ ДЬЭРЭКЭЭН ӨҤНӨРӨ”
Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө уһуйаан иитиллээччилэригэр, алын кылаастарга уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Мин дойдум дьэрэкээн өҥнөрө” уруһуй күрэһэ биллэриллибитэ. Күрэскэ уопсайа 18 үлэ киирдэ. Үс бөлөҕүнэн сыаналааһын түмүгүн билиһиннэрэбит: I бөлөх – уһуйаан иитиллээччилэрэ: I миэстэҕэ Саввина Амилия (6 саастаах), II миэстэ – Акимова Намыына (5 саастаах), III миэстэ буолла Юмшанова Анэля (6 саастаах); II бөлөх […]
“БИБЛИОНОЧЬ-2025”
Муус устар 26 күнүгэр Тамалакаан нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр “Библионочь-2025” бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрээһин буолла. Быйылгы аахсыйа Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр уонна Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананна. Нэһилиэк бибилэтиэкэтэ уонна Тамалакаан орто оскуолатын бибилэтиэкэтэ үгэс буолбут “Тииҥ мэйии” өй күрэһин төрдүс төгүлүн ыытта. Бу күрэххэ нэһилиэкпит түөлбэлэрин хамаандалара сылын ахсын күөн көрсөллөр. […]
УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА – 2025
Муус устар 5 күнүгэр, Тамалакаан нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну араҥаччылааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Улуу Кыайыы 80 cылларын, Үөһээ Бүлүү улууһугар Дойдуга бэриниилээх буолуу уонна улууспут төрүттэммитэ 90 сылын иитинэн, бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Семен Титович Руфов аатыгар “УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА” тэрээһин буолан ааста. Бу тэрээһин чэрчитинэн аһаҕас күрэстэр […]
Киһи кэрэмэһэ, салайааччы үтүөтэ
Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, өр сылларга нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит, Тамалакаан нэһилиэгэ үүнэрин-сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит, инники сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит, олук уурбут, бары ытыктыыр киһибит Зоя Ивановна Федорова төрөөбүтэ 80 сылын көрсө тахсыбыт “Киһи кэрэмэһэ, салайааччы үтүөтэ” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэҕэ спортсменка, учуутал, нэһилиэк баһылыга Федорова Зоя Ивановна олорон ааспыт олоҕун, үлэтин туһунан […]
Тамалакааҥҥа “Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн” иитинэн тэрээһиннэр
Олунньу 13 күнүгэр Тамалакаан орто оскуолатын 3-8 кылааһын үөрэнээччилэригэр сылын ахсын ыытыллар “Таптыыр сахам тылынан” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан ыытылынна. Дьыктааҥҥа уопсайа 21 оҕо кытынна, ону таһынан оҕолор хамаандаҕа арахсан “Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай” өй оонньуутугар күрэхтэстилэр. Олунньу 14 күнүгэр Ийэ балаҕаныгар үгэс буолбут, быйыл 11 төгүлүн ыытыллар, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” улахан дьоҥҥо ыытылынна. Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин […]
Имигэс иирэ талаҕынан оҥоһук оҥорорго маастар-кылаас
Бүгүн биир ураты, туһалаах күн буолла. Ол курдук, Дүллүкүттэн талааннаах маастар, имигэс иирэ талаҕынан араас мал оҥорор Чоросов Валерий Гаврильевич кэлэн маастар-кылаас ыытта. Валерий Гаврильевич нэһилиэктэринэн ыҥырыкка сылдьан баҕалаах дьону үөрэтэр, уһуйар. Саҥа балаҕаммытыгар араас көлүөнэ кэрэ аҥаардара мустан үөрэ-көтө үөрэннибит, элбэҕи биллибит-көрдүбүт, инникитин да дьарык гыныахпыт диэн астынан, бэйэбит оҥорбут корзинабытын тутуурдаах тарҕастыбыт. Валерий […]
Опрос Министерства Культуры РФ
Уважаемые посетители!Просим Вас оценить работу нашей организации, пройдя по ссылке: https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150220065Министерство культуры Российской Федерации приглашает Вас принятьучастие в оценке удовлетворенности граждан работой государственныхи муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества.Исследование проводится с помощью анонимной анкеты.Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкетыи выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящимдля Вас.Обратите внимание – на некоторые вопросы […]
ТҮӨРТ СТРОКА
Норуодунай суруйааччы Сэмэн Тиитэбис Уруукап төрөөбүт күнүн көрсө ыытыллыбыт “Түөрт строка” өйтөн хоһоон суруйуу улуустааҕы күрэҕин кыттыылаахтарын хоһооннорун ааҕыҥ, сэргээҥ. Ссылканы баттааҥ https://www.calameo.com/read/0078371854019a7673690 Орто сүһүөх оҕолорун хоһоонноро https://www.calameo.com/read/00783718508c9e601ab34 Улахан кылаастар хоһоонноро https://www.calameo.com/read/007837185cfa654e30cf2
“ТҮӨРТ СТРОКА” ХОҺООН КҮРЭҔЭ
Бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, норуот суруйааччыта Сэмэн Тиитэбис Уруукап төрөөбүт күнэ. Биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит төрөөбүт күнүн көрсө Тамалакаан сынньалаҥ киинэ уонна олохтоох библиотека оскуола оҕолоругар “Түөрт строка” хоһоон суруйуутун күрэҕин улуус үрдүнэн биллэрбиппит. Күрэххэ уопсайа 84 хоһоон киирдэ. Оҕолор бары да айар талааннаах, суруйарга баҕалаах эбиттэр диэн үөрдүбүт. Хоһооннору 4 бөлөххө арааран дьүүллүүр […]