ДАПСЫ ДЬЫКТААНА-2025
Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ – БИҺИРЭМ ТЫЛ КҮНЭ. Бу күн төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ. Сыл ахсын бу күн, сэтинньи 6 күнүгэр, улуус үрдүнэн “Дапсы дьыктаана” тэрээһин ыытыллар. Тэрээһин сыала-соруга: Ийэ тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, төрөөбүт тылбытын өрө тутуу. Ыччаты […]