Тамалакааҥҥа Сайылык күнэ

ТАМАЛАКААҤҤА САЙЫЛЫК КҮНЭ

Ыам ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, Сахабыт сиригэр Саҥа сыл саҕаланар. Онтон сылы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнии, сайылыкка көһүү дириҥ суолталаах, күүтүүлээх кэм. Мантан инньэ унньуктаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, сырдыкка эрэл улаатар, биир күн бүтүн дьылы аһатар эппиэттээх кэмнэрэ үүнэллэр. Сайылык күнэ – биһиэхэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан […]

Тамалакаан эр хоһууттарын үтүө үгэстэрэ

ТАМАЛАКААН ЭР ХОҺУУТТАРЫН ҮТҮӨ ҮГЭСТЭРЭ

Ыам ыйын 22 күнэ – Ньукуолун таҥара күнэ, саха киһитэ күөххэ үктэнэр бэлиэ күнэ.  Хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, саламаат сырдьыгыныыр, кус миинэ буһар.  Тамалакаан эр хоһууттара, сорсуннаах булчуттара үгэс быһыытынан сыл ахсын нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, соҕотох ийэлэргэ байанай бэрсибит куһуттан өлүүлээн түҥэтэллэр.  Быйыл эмиэ, үтүө үгэстэрин кэспэккэ, нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, […]

“ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА”

Былырыын, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, улууспутугар ГЕРОЙДАР күннэрэ төрүттэммитэ. Быйыл иккис сылын, бу дьоһуннаах күнү бэлиэтиибит. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар биһиги улууспут Россия Геройдаммыта. Ол курдук, 2025 сыл от ыйын 21 күнүгэр Алексей Рафаэлович Петров биһиги барыбыт киэн туттуубутугар Россия Геройун үрдүк аатын ылбыта. Бүгүн ГЕРОЙДАР күннэрин иитинэн “Дьоруой Сардаҥата” акция улуус үрдүнэн […]

РИСУЕМ ПОБЕДУ

В честь 81-ой годовщины Победы в Великой Отечественной войне прошел конкурс рисунков на асфальте «Рисуем Победу».    Победа — это истинно народный праздник, а художественное искусство всегда является мощным средством донесения того, что невозможно выразить словами. Дети с большим энтузиазмом приняли участие в  мероприятии. У каждого ребенка свой взгляд на происходящее. Конкурс способствует художественному самовыражению детей, направлен на изучение и осмысление значимых исторических событий родной […]

БИБЛИОНОЧЬ-2026

Бүгүн, муус устар 18 күнүгэр, Тамалакааҥҥа  “Библионочь-2026” акция чэрчитинэн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.  Быйылгы XV юбилейнай акция Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар ананна.  Тэрээһиҥҥэ талааннаах биир дойдулаахтарбыт маастар-кылаастары ыыттылар: уруһуйдуур талааннаах Николь акриловай кыраасканан таҥаска уруһуй түһэрэргэ, оҕуруонан симэх оҥорор Галина Михайловна ытарҕа оҥорорго үөрэттилэр.  Тэрээһин кыттааччылара аҕалбыт сувенир-магниттарынан “Путешествуем по России” выставка турда. “Песни народов России” диэн […]

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн Тамалакааҥҥа сэргэх тэрээһиннэр

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Тамалакааммытыгар сэргэх тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, нэһилиэк улахан дьоно сылын ахсын ыытыллар “Сахалыы дьыктаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кытыннылар. Үүммүт 2026 сыл Култуура сыла буоларынан, дьыктааны ааҕааччы култуура эйгэтин үлэһитэ буолуохтаах диэн тиэкиһи Тамалакааннааҕы сынньалаҥ киин салайааччыта, култуура туйгуна, хоһоонньут Мэхээс Сэмэнэп аахта. Тэрээһиҥҥэ 16 киһи кытынна, “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” үрдүк […]

Мир Един

Сегодня, 24 октября, для учащихся начальных и средних классов Тамалаканской СОШ провели медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта «Читаем все» к 90-летию И.Н. Егорова-Горного и Международному месячнику «Белая трость».  Цель урока – напоминание обществу о внимании к проблемам людей с инвалидностью по зрению, понимании их нужд, солидарности с ними. Его девиз – «Толерантность, равноправие, […]

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН СУДААРЫСТЫБАННАҺЫН КҮНҮН КӨРСӨ ТЭРЭЭҺИННЭР

Тамалакааммытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Улуу Кыайыы 80 сылын иитинэн уонна СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Кыайыы скверигэр нэһилиэк сүрүн тэрилтэлэрин күүһүнэн (дьаһалта, оскуола, Тамалакаан сынньалаҥ киинэ, бибилэтиэкэ) черемуха, боярышник мастары олордуу буолла. Түгэнинэн туһанан, олордорго бэлэмнэммит мастары биэрбит Иванова Маргарита Ивановнаҕа махталбытын биллэрэбит. Онтон, балаҕан […]

Привет, мир!

Добро пожаловать на Сайты Верхневилюйской МЦБС. Это ваша первая запись. Отредактируйте или удалите её, затем пишите!